«Сэһэргээ» биэрии: сахаттан бастакынан Эвереһы дабайбыт Евгений Кривошапкин
Альпинист Евгений Кривошапкин бу сыл ыам ыйын 15 күнүгэр сахалартан бастакынан аан дойду саамай үрдүк чыпчаалын Эвереһы дабайда. Кини 8 тыһ. 849 м үрдүккэ Саха сирин былааҕын көтөҕөн, ыра санаатын олоххо киллэрдэ, историяҕа бэлиэ суолу хаалларда.
Евгений – Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгин ыччата. Кадастр инженеринэн үлэлиир, кэргэннээх, түөрт оҕолоох. Хоту сир хоһуун уола айылҕалыын алтыспыта, үрдүгү дабайбыта ыраатта. 2010 сыллаахтан саҕалаан Афродитаҕа, Победаҕа, Эльбруска тахсыталаабыта. Ол кэннэ Евгенийга быйыл аан дойду муҥутуур чыпчаала Эверест хайа бэриннэ.
Евгений Эверест хайаҕа сырыытын, хайдах бэлэмнэммитин, туох уустугу көрсүбүтүн, уо. д. а кэпсээтэ.
02:00 - Эвереһы дабайыыга бэлэм
02:53 - Экспедиция саҕаланыыта
06:06 - Эверест үрдүгэр бастакы саха
09:03 - Төттөрү түһүү
09:58 - Мал ыйааһына
10:41 - Сиэр-туом
11:41 - Мотивация
14:49 - Ас-үөл
15:19 - “Эверест - саамай сыаналаах хайа“
16:24 - “Айыыларым аттыбар“
17:11 - Интернет
17:40 - Сүбэ
18:54 - Иллэҥ кэмҥэ дьарык
19:19 - Инники былаан
19:50 - Махтал тыл