«Сэһэргээ» биэрии: Арассыыйа дьоруойа Александр Колесов
Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕар, «Боотур» доброволецтар бастакы этэрээттэрин хамандыырыгар Александр Колесовка бу күннэргэ дойду бэрэсидьиэнин Владимир Путин уурааҕынан «Арассыыйа дьоруойа» үрдүк ааты иҥэрдилэр. Александр байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт сахалартан аан бастакынан тустаах наҕарааданы ылла.
Александр уонна кини бойобуой табаарыстара инники кирбиигэ хорсун быһыыны, эр санааны уонна дойдуга бэриниилээх буолууну көрдөрдүлэр. Чуолаан Александр биэс уонча биир дойдулааҕын өстөөх буулдьатын анныттан быыһаабыта биллэр, ону тэҥэ Украина сэбилэниилээх күүһүгэр улахан хоромньуну таһаарбыт өҥөлөөх. Кини сатабыллаах салайыытынан аармыйа ыстаабыгар сөптөөх иһитиннэрии кэмигэр киирэ турбута, көдьүүстээх утарылаһыы хааччыллыбыта.
Александр «Сэһэргээ» биэриигэ дьиэ кэргэнин, оҕо сааһын уонна устудьуон сылларын умнуллубат түгэннэрин, патриотическай иитии туһунан санаатын уо.д. а кэпсээтэ.
0:11 – бэйэ туһунан
1:28 – дьиэ кэргэн, оҕо саас
2:09 – «уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр»
3:54 – устудьуон сыллара
6:32 – «норуоту түмэр үлэлээхпин»
8:03 – Украина байыаннай дьайыытыгар кыттыы
10:14 – сахалар – салайар күөҥҥэ
11:20 – хорсун быһыы диэн тугуй?
12:03 – «Арассыыйа дьоруойа» үрдүк аат
13:19 – «ыччакка холобур буолуох тустаахпыт»
14:55 – иллэҥ кэм дьарыга
15:55 – Колесовтар дьиэ кэргэн
16:57 – ыччакка сүбэ