Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Хатас нэһилиэгэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн сахалыы тыллаах уһуйааннар икки ардыларыгар ыытыллар «О
Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Хатас нэһилиэгэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн сахалыы тыллаах уһуйааннар икки ардыларыгар ыытыллар «Олоҥхо түһүлгэтэ» олоҥхону толоруу өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс үһүс төгүлүн үрдүк таһымҥа буолан ааста.
Дьокуускай куорат уонна Хатас нэһилиэгин уһуйааннарыттан барыта 5 бөлөх, «Кустук өҥнөөх кулунчук», «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Батастаан Баатыр», «Эрчимэн Бэргэн», «Тоҕус хара тыаны ортотунан көстөр Дьоруо Маҥан аттаах Дьохсоголдьун Бухатыыр», «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхолору толордулар. Ону таһынан, тэрийээччилэр этэллэринэн, кэтэхтэн республика араас муннуктарыттан кыттыыны ыллылар.
Сиһилии ↩️
Подпишись на [club197321747|@ulusmedia]
Источник: Улус.Медиа | Новости Якутии