Хамаҕатта саҥа оскуолатынан киэн туттабыт
Хамаҕатта оскуолата олус эргэрэн, оҕолор 2015 сылтан хас да дьиэнэн үөрэнэн кэлбиттэрэ. Былырыын, 2022 сыл, балаҕан ыйын 1 күнүгэр Хамаҕатта нэһилиэгин оҕолоругар, учууталларыгар саҥа таас оскуола аанын ааһан, үөрүү үксээбитэ. Бэлиэтээн эттэххэ, маннык тутуулаах оскуола республикаҕа тарбахха баттанар.