Саха сиринээҕи көһө сылдьар түмэл Амур уобалаһын уонна Забайкальскай кыраай куораттарынан айанныаҕа
Саха сиринээҕи көһө сылдьар түмэл Амур уобалаһын уонна Забайкальскай кыраай куораттарынан айанныаҕа. Бу ый 14 күнүттэн 30 күнүгэр диэри тимир суолунан «Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин» хамаандата ыраах айаҥҥа турунар. Далааһыннаах сырыы кэмигэр Саха сирин төрүт олохтоох норуоттарын үгэстэрин көрдөрөр, итиэннэ Регионнар икки ардыларынааҕы сыһыаны бөҕөргөтөр хас да улахан тэрээһини ыытыахтара. Ол курдук, түмэл фондатыттан «Хотугулуу матыыптар», «Өбүгэ алыптаах дорҕооно» диэн икки көһө сылдьар быыстапканы көрдөрүөхтэрэ, музей туһунан документальнай киинэ сүрэхтэниитэ буолуоҕа, саха анимациятын күннэрин тэрийиэхтэрэ, ону тэҥэ көрсүһүүлэри, кэнсиэрдэри былаанныыллар. Бу туһунан НВК “Саха“ сюжетыгар.