Сардаана. Сиэйэ Уола
Сардаана. Уйбаан Федосеев - Доосо тыллара, Денис Данилов мелодията (1959 сыл). Сиэйэ Уола толоруутугар.
*****
Ырыа 1959 сыллаахха суруллубут.
Биллэр толорооччулар: Анастасия Лыткина, Альбина Борисова, Сиэйэ Уола.
*****
Билэҕиэн, кыыс курдук кэрэҕин,
Сардаана, сандаарар сибэкки?
Бу намыын мин Аммам үрэҕин
Кытылын таптыыр да эбиккин.
Эйиэхэ сарсыарда таммах уу
Чөмчүүк таас киэргэллии иилистэр -
Күн көмүс уотугар оонньуурдуу,
Күндээрэ, чаҕылла илгистэр.
Сардаана, сардаана барахсан,
Сиэдэрэй сибэкки эбиккин.
Ол иһин даҕаны саас ахсын
Симэх от буолаҥҥын үүнэҕин.
Биһиккэ оҕотун саататар
Күн күбэй ийэни саната,
Тыал аргыый эйигин бигиирдии
Нуурата-нусхата хамсыыр дии.
Ардыгар кыыс оҕо тапталтан
Кыбыстан, кытаран хаалааччы.
Оттон эн, сардаана, сарыалтан
Кыыс курдук кыыһаҕын дьиҥ чахчы.
*****
Хаартыскалар:
Татьяна Гасич
Вячеслав Данилов