Дьокуускайга “Биһиги Нам сириттэн төрүттээхпит“ диэн быыстапка арылынна
Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр музей улахан саалатыгар народнай худуоһунньук Виктор Петров, саха графикатын төрүттээччи Эллэй Сивцев, оҕо кинигэтин бастакы худуоһунньуга Ефим Шапошников үлэлэрэ, ону сэргэ кинилэр суолларын утумнаабыт Алексей Евстафьев, Туйаара Шапошникова, Федор Павлов үлэлэрэ баар. Быыстапкаҕа маны тэҥэ туойтан оҥоһуктар, көмүс киэргэллэр, муостан чочуллубут нарын үлэлэр уурулуннулар. Бу үлэлэр барыта Нам сирин кэрэ айылҕатыттан ситимнээхтэр, саха искусствота сайдыытыгар улахан суолтала