Ырыа куттаах «Күндүүнэлэр» хаххалыыр сиэккэни ис дууһаларын ууран туран ырыа аргыстаах өрөллөр
Ырыа куттаах «Күндүүнэлэр» хаххалыыр сиэккэни ис дууһаларын ууран туран ырыа аргыстаах өрөллөр.
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан улуустааҕы психологическай киин дьиэтигэр волонтердар штабтара тэриллэн, күн бүгүнүгэр диэри күннэтэ үлэлиир. Онно улууспут аһыныгас сүрэхтээх дьоно ынырыктаах балаһыанньаҕа тыын былдьаһа сылдьар дьоммут сылаастык таҥна сылдьалларын туһугар уонна өстөөх хараҕыттан хаххаланар сиэккэни өрөн сырдык тыыннарын өрүһүйээрибит диэн штаб аанын саппаттар. Саамай көхтөөх төһүү күүһүнэн Мүрүтээҕи «Күндүүнэ» ырыа-үҥкүү ансаамбыла буолар.
️ Мария АРГУНОВА
Источник: УУС АЛДАН | “Мүрү саһарҕата“