“Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн саҥардыы”
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин регионнар сайдалларыгар элбэх бырагырааманы үлэлэтэр. Олортон биирдэстэрэ Уһук Илин куораттарын сайдыытыгар Доруобуйа харыстабылыгар бэдэрээлинэй үбүнэн, медицина тэрилтэлэрин саҥардыыга уонна өрөмүөҥҥэ, оборудование уонна тырааныспар атыылаһыытыгар.
🏥Бу күннэргэ “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак “Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн саҥардыы” эрэгийиэннээҕи бырагырааматын чэрчитинэн, Таатта улууһун киин балыыһатын саҥа таас дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирэргэ бэлэм.
🏥Бу эбийиэк үс этээстээх, 4000 кв.миэтэрэ иэннээх, симиэнэҕэ 200 киһи сылдьарыгар ананар. Киирэр аантан саҕалаан аһаҕас офистар үлэлиэхтээхтэр. Балыыһа аныгы комплекса “кыһамньылаах поликлиника” саҥа ирдэбиллэрин учуоттаан тутулунна. Исписэлиис быраастар кэбиниэттэрин сэргэ көмпүүтэр томографтаах, рентгеннээх, УЗИ-лаах, ФГДС-таах диагностика отделениета, функциональнай диагностика кэбиниэтэ, күнүскү сытар балыыһа баар.