2012 с. тахсыбыт “Лээги“ кинигэтиттэн:“Лээги дьонноро төрөөн-үөскээн кэлбит историяларын ырытаары Г. В. Ксенофонтов, Г. У. Эргис, Д. И. Дьячковскай (Сэhэн Боло) үлэлэриттэн схема оҥоһуллубут XIV-XV үйэттэн :
“Эллэй Боотур-
Экин Абаҕан-
Хара Тахтаах (Тахтар)-
Босхоҥ Бэрдэнэрэй-
Тойон Наахара-
Улуу Хардьаҥ-
Лээги-
Кыырт Тыҥырах Ойуун-
Лис-Лүс-
Тоторбот Бүөтүр...
XVI үйэ бүтүүтэ-XVII үйэ саҕ-та Амма өрүскэ Төгүлтэ үрэх төрдүн хочотугар утуу-субуу үс киһи кэлэн олохсуйбут.
Бастаан Тоторбот диэн киһи билиҥҥи Мэҥэ-Хаҥалас Наахара нэһилиэгиттэн Лээги диэн төрүттээх аҕа ууһуттан тахсан олохсуйбут, 9 уол оҕоломмут.
Тоторбот 9 уолугар топпокко, эбии өссө уолаттары ылан иитэр диэн кэпсээҥҥэ киирбитэ үһү“.
Бастакы уолуттан Моҕус Киргиэлэй бэһис уолун Тыаһыт бэһис уолун Хараарбах ыччаттара салҕанан барбыттар...
Петр Петрович атырдьах ыйын 29 к. 1949 с. Амма улууһугар Эрэкээттэ үрэх төрдүгэр күн сирин көрбүтэ.
Оҕо уонна эдэр сааһа кэрэ айылҕалаах, Өнтө хайаларын очуостарын кэрэ көстүүтүн көрөн, Амма өрүс ыраас уутун иҥэрэн, Өнньүөс с. ааспыта.
Аҕата Никифоров Пётр Михайлович (Бүөтүччээн) , ийэтэ Никифорова (Софронова) Ольга Афанасьевна.
1968 с. Мэҥэ-Хаҥаластан төрүттээх, Афанасьева Акулина Петровналыын сүрэхтэрэ сөбүлэһэн эдэр ыал буолаллар.
1971 с. Акулина Петровна Өнньүөс балыыһатын сэбиэд-н үлэлии сылдьан, дойдутугар Павловскай с. көһөн киирэллэр.
Тоторбот Бүөтүр Мэҥэ-Хаҥалас Наахара нэһилиэг-н Лээги диэн төрүттээх аҕа ууһуттан тахсан Аммаҕа олохсуйбут буоллаҕына, Пётр Петрович төттөрү Амматтан Мэҥэ-Хаҥаласка төҥнөн, ыал буолан тэринэн олохсуйар.
Икки кыыс оҕону Аэлитаны, Ауриканы, икки уол оҕону Альберты, Александры төрөтөн дьоллоох ыал буолан үйэ чиэппэрэ олороллор.
1993 с. Акулина Петровна ыарахан ыарыы кэнниттэн күн сириттэн күрэнэр.
Бэйэтин курдук сүтүктээх, Михаил уонна Марианна диэн ааттаах икки оҕолоох, Мэҥэ Хаҥалас Өргөннөөҕүттэн төрүттээх Прасковья Михайловна Винокуровалыын сүрэхтэрин холбоон үйэ чиэппэрэ олороллор.
Тоторбот курдук эбии икки оҕону бэйэтин төрөппүт оҕолорун курдук улаатыннарар.
Уус аналлаах үлэһит буолан, Павловскай оскуолатыгар, мастарыскыайыгар, Киин автопаркаҕа, Ленин совхозка ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
Бастыҥ Уус буолан “Бастыҥ Уһаайба“ аата уонна да атын үрдүк ситиһиилэри ылбыта. Элбэх архив хаартыскаларыгар уонна үлэлэригэр олус элбэх дьон күн бүгүҥҥээҥҥи диэри махтанар.
Айгылаах олох диэн төрдө-киһи бэйэтин ис дьиҥин билэр буолан, уу нуһараҥ турукка дьулуһар.
Улуу Хоро аналынан, Бүөтүр уола Бүөтүр олус дьикти өбүгэлэриттэн баардаах киһи этэ...
Ол аналын уонна төрдүн-ууһун сирдээҕи олоҕор кистэнэр этэ. Бииргэ олорон ааспыт дьоно-сэргэтэ бу сирдээҕи олохтон барыар дылы билбэттэрэ чахчы. Кубалар чараас, ыраас эйгэтин билэннэр утары көтөн кэлэллэрэ, тайах кыыл бэйэтинэн утары тахсан турар байанайдаах этэ. Ол түгэннэргэ кубалары да, тайаҕы да тыыннарын быспатаҕа.
Ис хааныттан олус ыраас, туруору көнө майгылаах, хорсун санаалаах, амарах сыһыаннаах, аһыныгас этэ.
Биллэрбэккэ сылдьан, дьону түмэн илгэ илдьэрэ, Эллэй эһээтин курдук куруутун дьону сомоҕолуур анал күүстээҕэ.
“Дьону барытын таптыыр ыраас улахан Сурэхтээҕэ“. Ол сүрэҕэр барыларыгар миэстэ тиксэрэ.
“Ийэм да, аҕам да элбэхтик эппэккэ-тыыммакка, биир санааны куруутун тоһоҕолоон бэлиэтииллэрэ:
“Хаһан баҕарар ханна да сырыттаргын, дьоҥҥо үтүөтүк сыhыаннас, оччоҕуна олоххун үтүөтүк олоруоҥ“-диэн тыллара сааhырдаҕым аайы дириҥ ис хоһооно сыыйа арыллан, дьэҥкирэн иhэр курдук“-диэн этэн турардаах.
Улуу өбүгэлэрин курдук Бүөтүр уола Бүөтүр үйэлээх сааһын тухары тыаҕа олорор боростуой үлэ дьонун өрө туппута.
“Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс“-тобул санааны тутуһан, Омоҕой сыдьаана буоларын толору бигэргэппитэ.
Күтүөтэ Андрей Саввич Саввинов суруйуута.
Михаил Петрович Алексеев - Дапсы сүбэтэ.
“КЫЫМ“ хаhыат сыллааҕы таһаарыытыттан быһа тардыы.
Фото отца, нашего дедушки Петра Петровича Никифорова сделано в провинции Ляонин, где царила 2 века империя киданей Ляо.
ВИКИПЕДИЯ
С 907 по 1125 год существовало киданьское государство Ляо, управляемое кланами Елюй и Сяо. Протянувшись от Японского моря до Восточного Туркестана, империя Ляо стала наиболее могущественной державой Восточной Азии.
Это сказалось на том, что историческое название Китая в славянской и западной традициях восходит именно к этнониму «кидани».
Елю́й Даши́ — киданьский полководец, дипломат, император и гурхан государства Западное Ляо. Родился в 1087 году в аристократическом роде Елюй племени дийела.
Являлся потомком в восьмом поколении императора государства Ляо Елюя Амбаганя и внуком императора Дао-цзуна.
PS: Из статьи Источник:
Иван НИКОЛАЕВ
РАЗГАДКА ЭЛЛЭЙАДЫ
()
“... Эллайада проходила не в Якутии в XIV веке, не в Прибайкалье в конце XIII века, а в Южной Сибири в первой половине XII века, а Эллэем был сам Элюй Даши – реальное историческое лицо, представитель императорской семьи Китая эпохи Ляо“.
Слова и музыка группы “Айархаан“ “Сотворение мира“, “Скачки“