Оҕо төрүүрүгэр үгэс, сиэр-туом
Бу биэрииттэн өбүгэлэрбит олох салҕаныытын араҥаччылыырга, хат дьахтары харыстыырга, оҕо төрөөтөҕүнэ, куһаҕан тыыннартан куоттарар, Айыыһыкка сүгүрүйэр туомнарын билиэххит. Айыыһыт саха итэҕэлигэр үөскээһинин уруулуу түүрдүү омуктар итэҕэллэригэр тэҥнээн чинчийииттэн дириҥник анаарыаххыт. Саха ыалын былыргы сиэрин-туомун көрдөрүүттэн аныгы көрөөччү элбэҕи билиэҕэ. Оҕону, ыччаты иитигэ, норуот култууратын, итэҕэлин, фольклорун үөрэтиигэ, үйэтитиигэ туһаныаххыт диэн эрэнэбит. Көрүҥ, сэргээҥ, тарҕатыҥ!