Светлана Диодорова-Лаврентьева: киһиэхэ уустук түгэҥҥэ истиҥ сыһыан олус наада

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Биир кэлим координационнай киинин бэрэстэбиитэлэ Светлана Диодорова-Лаврентьева Улус.Медиа-ҕа ыалдьыттыыр. Светлана дьиэ кэргэнэ көҕүлээн байыаннай дьайыыга сылдьар эбэтэр онно эчэйбит биир дойдулаах байыастарбытыгар бу сыллар устата үгүс көмө оҥоһулунна. Көмө элбэх хайысханан ыытыллар. Ол курдук, аһынан, таҥаһынан, наадалаах сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйыы, булуу-талыы, тиэрдии, сураҕа суох сүппүтү көрдөөһүн, дьиэ кэргэттэргэ уйулҕа үлэһиттэрин сүбэтэ, докумуону оҥотторуу, сөргүтүү уо.д.а. буолар. Бу барыта элбэх киһи биир сомоҕо буолуутун туоһута. Аһаҕас кэпсэтиини видеоҕа көр.
Back to Top