АБАҔА БОЧУОТТААХ ОЛОХТООХТОРО СОФЬЯ, ВАЛЕРИЙ СКРЯБИННАР (САХА СИРЭ 18:00ч)

Амма Абаҕатын бочуоттаах олохтоохторо, үлэ уонна тыыл бэтэрээннэрэ Софья, Валерий Скрябиннар ыал буолан бииргэ олорбуттара 57 сылыгар барда. Ытык ыал нэһилиэктэрин общественнай үлэтигэр көхтөөх кыттыыны ылаллар, ыытыллар бары тэрээһиннэргэ сылдьан сэргэхсийэллэр. Итиэннэ кинигэ ааҕыытын туохтааҕар да өрө туталлар
Back to Top