Каролина Шараборина - остуол оонньуулара
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан оҕо бэчээтин кыһатыгар икки остуол оонньуутун ааптара, Н.А. Алексеева аатынан техническэй лиссиэй 7 кылааһын үөрэнээччитэ Каролина Шараборина @ ыалдьыттаата.
“Мамонтовый лабиринт“, “Олоҥхо эйгэтэ“ диэн ааптарыскай оонньууларын билиһиннэрдэ, оонньотто, “Идиэйэбин олоххо хайдах киллэрэбин?“, “Оҕо кыра сааһыгар дохуот киллэриэн сөп дуо?“ уо.д.а. ыйытыыларга хоруйдаата.