Уон уонна онтон элбэх оҕоҕо күн сырдыгын бэлэхтээбит эбэтэр көрбүт-ииппит күндү ийэлэр аны килбиэннээх Үлэ Геройуттан итэҕэһэ су

Уон уонна онтон элбэх оҕоҕо күн сырдыгын бэлэхтээбит эбэтэр көрбүт-ииппит күндү ийэлэр аны килбиэннээх Үлэ Геройуттан итэҕэһэ суох бочуоттаныахтара. Статуһу тэҥниир туһунан федеральнай сокуон барылыгар ыйыллар. Герой ийэлэргэ туһуламмыт сокуон барыла Госдумаҕа бастакы ааҕыыга ааста. Онно ханнык өйөбүллэр киирэллэрин Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алёна Атласова кэпсээтэ. Саҥа докумуон ис хоһоонун уонна элбэх оҕону иитии суолтатын туһунан “Саха сирэ» информационнай биэриигэ тахсыбыт сюжеты сэргээҥ. Ил Түмэн пресс-сулууспата Источник: Новости Ил Тумэн
Back to Top