Иэримэ дьиэбит сиэрэ-туома
Саха түүр омуктарыттан биир дьикти устуоруйалаах омук. Тымныы Саха сиригэр хайдах тыыннаах хаалан, ханнык омуктары кытта алтыһан, дьиэлэнэн-уоттанан, таҥнан-саптан, ууһаан-тэнийэн, тылын-өһүн, үгэһин умнубакка сайдан кэлбитэ ураты кэрэхсэбиллээх. Бу биэрии саха омук дьиэтин тутулугар олоҕу анаарыытын, итэҕэлин көстүүтүн быһыытынан түҥ былыргы устуоруйатыттан саҕалаан чинчийэн оҥоһулунна. Дьиэни-уоту тутуу көрүҥнэрэ, туттар сири талыы, ыалдьыты көрсүү сиэрэ-туома, үгэһэ билиҥҥи ыал холобуругар сөргүтүллэн оҥоһулунна. Көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ!