АММА УЛУУҺУГАР БЫЙЫЛ ЫҺЫЫ ҮЛЭЛЭРЭ БААҺЫНАЛАРГА УУ ЭЛБЭХ БУОЛАН ХОЙУТААН САҔАЛАННЫЛАР

Амма улууһугар быйыл ыһыы үлэлэрэ бааһыналарга уу элбэх буолан хойутаан саҕаланнылар. Ыһыы хампаанньыйатыгар улуус 5 улахан хаһаайыстыбата 3500 гектар сиргэ туорахтаах култуураны ону сэргэ 4500 гектарга сүөһү аһылыгын ыһыахтара. Маныаха сиэмэ бурдукка уопсайа 900-тэн тахса тонна былааннаах эбит буоллахтарына мантан 77 % бэйэ сиэмэ бурдуга буолар
Back to Top