Алтан нэһилиэгэр “Үтүө дьыала” хамсааһынынан элбэх хайысхалаах култуура киинэ саҥа дьиэлэннэ
Алтан нэһилиэгэр “Үтүө дьыала” хамсааһынынан элбэх хайысхалаах култуура киинэ саҥа дьиэлэннэ

️ Алтан нэһилиэгэр долгутуулаах, кэтэһиилээх дьоро күн үүннэ. Сэтинньи 29 күнүгэр “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үтүө дьыала” хамсааһын 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө норуот күүһүнэн тутуллубут толору хааччыллыылаах элбэх хайысхалаах, тупсаҕай оҥоһуулаах баараҕай култуура киинэ үөрүүлээхтик аһылынна.
Тэрээһин чэрчитинэн, улууспутугар үтүө дьыаланан тутуллубут эбийиэктэр хаартыскаларынан быыстапката туруоруллубут. Дьон-сэргэ санаата кэлэн, үөрэ-көтө көрсүһүүтүгэр саҥа дьиэ бэлиэ күлүүһүн “Стройкомплектсервис” тэрилтэ салайааччыта Руслан Трофимов Алтан нэһилиэгин баһылыгар Николай Матчитовка туттарда.
Сиһилии ⬅️
Источник: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса