“Сэттэ көлүөнэ“ волейбол күрэҕин туһунан
Бу күннэргэ Бэрдьигэстээххэ “Сэттэ көлүөнэ“ дьиэ кэргэн волейболга күрэхтэһиитэ “Элбэх өрүттээх спортивнай комплекска“ икки күн устата барда. Үһүс төгүллээн ыытыллар күрэхтэһии быйыл дойдуга “Дьиэ кэргэн“ уонна өрөспүүбүлүкэҕэ “Оҕо саас“ сылыгар сөп түбэһиннэрэн тэрилиннэ. Күрэхтэһиигэ ыраахтан-чугастан бииргэ төрөөбүттэр, аймахтар, уруулар түмсэн, хас да нэһилиэк хамаандалара турда, ол курдук уопсайа 7 дьахтар уонна 6 эр киһи хамаандалара кииристилэр. “Сэттэ көлүөнэ“ бырайыак ааптара Бэрдьигэстээх олохтооҕо Майаан Моруот буолар, кини көҕүлээһининэн уонна өрөспүүбүлүкэ волейболга федерациятын өйөбүлүнэн бастакы күрэхтэһии 2019 сыллаахха Ма5араска ыытыллыбыта. Оттон 2022 сыллаахха ИЛ-Дархан граныгар кыайн 900 тыһ.солк. кэриҥэ үбү ылары ситиһэн, бырайыак 5түһүмэҕинэн барбыт..Быйылгы күрэхтэһиигэ аҕам саастаах оонньооччулар Одуну нэһилиэгиттэн 80 сааһын ааспыт Мария Кудаисова уонна Атамайтан 76 саастаах Владимир Яковлев буоллулар. Аныгыскы “Сэттэ көлүөнэ“ волейбол күрэхтэһиитэ 2026 сылга Бэс-Күөл бөһүөлэгэр ыытыллара былааннанар.