Басхан - 2022

#Repost @mbou_asosch1 ... Олунньу 24 күнүгэр Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, үөрэх эйгэтигэр - Ааҕыы, Амма улууһугар-Аҕа сылыгар аналлаах маҥнайгы улуустааҕы «БАСХАН – 2022» дьыалабыай оонньуу урдук таһымнаахтык ыытылынна. Басхан диэн бастыҥ, салайар дьоҕурдаах диэн суолталаах. Бу күрэскэ улууспут оскуолаларын активист, үөрэнээччилэр бэйэни салайыныыларын лидердара кэлэн кытыннылар. Биһиги оскуолабыт чиэһин 9 “б“ кылаас үөрэнээччитэ Неустроев Алексей көмүскээтэ. 5 түһүмэхтээх күрэскэ уолаттар өйдөрүн - санааларын, билиилэрин-көрүүлэрин тургутан көрдулэр. Ол курдук төрүччүлэрин төһө билэллэрин, Россия, Сахабыт сирин политическэй лидердарын сырдаттылар, тыл, култуура, сиэр-майгы туһунан ыйытыктарга хоруйдаатылар, төрүт тыл сайдыытын туһунан көрүүлэрин билиһиннэрдилэр, хоһоон айарга кытта холоннулар. Күрэс түмүгүн дьүүллүүр сүбэ таһаарда. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуус тутаах дьонноро киирдилэр. 1. Амма улууһа муниципальнай тэриллии баһылыгын бастакы солбуйааччыта, Амма улууһун Аҕа түмсүүтүн бэрэсэдээтэлэ – Кл
Back to Top