Оолорун бэйэлэрин сатабылларыгар ууйар мындыр ыал

Оҕолорун бэйэлэрин сатабылларыгар уһуйар мындыр ыал ️ Ходоро нэһилиэгин Хатыҥнааҕар олорор элбэх оҕолоох Марина, Спиридон Федоровтар дьиэ кэргэн сүөһү-ас иитэн быр-бааччы олороллор. Спиридон Егорович Майатааҕы ДьУоКХ-ҕа операторынан үлэлиир, ийэлэрэ Марина Андреевна олохтоох култуура киинигэр техүлэһит.  Федоровтарга 1999 с. ыал буолалларыгар төрөппүттэрэ сүөһү анаан кэтэх хаһаайыстыба тэринэллэригэр олук уурбуттар. 10-ча сыллааҕыта социальнай хантыраакка кыттан тиэхиньикэ ылбыттар, онон сүөһүлэрин элбэтэр баҕа санааларын олоххо киллэрбиттэр.  Эргэ хотонноругар кыараҕас буолан барбытыгар быйыл саҥа киэҥ-куоҥ хотон туттан киирбиттэр. Манна билигин төбөтүнэн 14 сүөһү кыстыкка киирбит. Саха боруодата борооскулары атыыласпыттар. 14 кууруссалары сэргэ 5 мончуук буолар кустары иитэн туруораллар. Сиһилии ⬅️ #годсемьи #годдетства Источник: ГАЗЕТА “ЭРКЭЭЙИ“ Мегино-Кангаласского улуса
Back to Top