Неустроев Николай Денисович - “Балыксыт“. сахалыы аудиокнига
Саха литературатын төрүттэспиттэртэн биирдэстэрэ Николай Денисович Неустроев 1895 с. ахсынньы 15 кунутэр Таатта yлyyhyгap төрөөбүтэ. Кини драматург уонна прозаик. Бастакы нууччалыы кэпсээнэ “Дикая жизнь“ 1917 с. бэчээттэммитэ, комедия жанрын төрүттээбитэ. Бастыҥ комедията “Кукаакы Кулуба“ 1920 с. суруллубута. Саха драмтеатра кини суруйбут “Kyhaҕaн тыын“ драматынан улэтин саҕалаабыта (1925 с.) “Балыксыт“ кэпсээнэ саха классикaтыгаp киирэр.
Неустроев үөрэммит оскуолата — нуучча литературата. Нууччалыы кэпсээннэри суруйбутун тэҥэ, өссө революция иннинэ Платон Ойуунускайдыын Н.В.Гоголь “Ревизорун“ сахалыы саҥардыспыта. Кинини эмиэ баһааҕырдан буржуазнай националиһынан ааттыы сылдьыбыттара.
Саха үс бастакы суруйааччыларын үтүө ааттарын төнүннэриигэ профессор Г.П.Башарин улахан үтү}