Бгн ыксаллаах быыы хамыыыйатын быаарыытынан ргт нэилиэгэр оперштаб тэриллэн лэтин саалаата
Бүгүн ыксаллаах быһыы хамыыһыйатын быһаарыытынан Өргүөт нэһилиэгэр оперштаб тэриллэн үлэтин саҕалаата.
Оперштаб былаанынан ойуур баһаарын кытыытынан минерализованнай балаһалар тардылыннылар. Баһаар үлэтигэр эбии Бүлүү улууһуттан 19 Авиалесохрана үлэһиттэрэ көмөҕө кэлэн Тыалааныга түстүлэр.
Дириҥ уулаах күөл кытыытыгар Сунтаар улууһуттан 20 авиалесохрана, Өймөкөөн, Уус-Майа, Алдан улуустарыттан 19 Якутлесресурс үлэһиттэрэ уоту утары охсуһаллар. Ону таһынан агромаш плугтаах трактор ойуур баһаарыгар үлэлиир.
Эбэттэн Сэйэкэҕэ дылы минерализованнай балаһаны ууруу үлэтэ ыытыллар. Баһаарынай постар тэриллэн эбии биир водовоз (ОАЗИС тэрилтэттэн), үс баһаарынай массыына (Ороһутааҕы МПСС, Үөһээ Бүлүүтээҕи ГПС, Якутлесресурс), биир бульдозер (Бүлүүтээҕи Якутлесресурс), икки сокол (улуус дьаһалтата) үлэлии сылдьаллар.
Сарсын бульдозер баһаартан харыстыыр балаһалары саҥардан, кэҥэтэн, тиһэҕэр тиэрдэн биэриэ.
Бу киэһээ Сунтаар улууһуттан эбии биир агромаш плугтаах трактор айаннаан иһэр.
Билиҥ...
Source: Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района