Амма ыыаар Олохо тлгэтэ тстэннэ

Амма ыһыаҕар Олоҥхо түһүлгэтэ түстэннэ “Олоҥхону испитигэр иҥэринэн, куппутугар сөҥүөрдэн кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии- саха дьонун ытык иэспит“ Итинник тылларынан СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччы Александр Жирков Амма Муона чараҥар Олоҥхо түһүлгэтин түстэниитин саҕалаата. “Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ“ ыһыахха кыттааччылар биэс түһүлгэнэн үс күн устата хоммут уостарын хоҥнорон, өрөөбүт уостарын өһүлэн этиэхтэрэ-тыыныахтара. Дьиҥ сахалыы эйгэ олохтонон саха тыллаах кулгааҕа түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит үһүйээннэрбитин, номохторбутун сэҥээрэ истиэхпит. Оттон Кылаан чыпчаал аатын ылбыттар улахан дьоҥҥо 700 000 солк., ыччаттарга 500 000 солк., оҕолорго 100 000 солк. харчынан биһирэниэхтэрэ. Source: Газета “Амма оло5о“ | Амгинский улус
Back to Top