«Мы вместе”
🇷🇺Сомоҕолоһуу күнүгэр Муома оройуонун 22-с нүөмэрдээх ОГПС тэрилтэтэ, Үөрэҕирии оройуоннааҕы управлениета, Оҕо айар дьиэтэ (ДТТ), “Кэнчээри“, “Сказка“ уһуйааннар холбоһуктаах “Мы вместе“ благотворительнай кэнсиэр үрдүк тэрээһиннээхтик буолла. Саала иһэ толору көрөөччү мустан, бу күн ырыа-тойук истэн, үҥкүү-битии көрөн астынан тарҕастылар. Кэнсиэргэ, дьаарбаҥкаҕа киирбит үп-харчы анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарбытыгар көмө-тирэх буолан ыытыллар.