Саха норуодунай поэта, Бэлэм буол хаыат эрэдээктэрэ В.М. Новиков-Кннк Уурастыырап трбтэ 115 сыла

Ыам ыйын 9 күнүгэр саха норуодунай поэта, «Бэлэм буол» хаһыат эрэдээктэринэн үлэлээбит Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 115 сылын туолар. Күннүк Уурастыырап аймаҕа, сэрии тулаайаҕа, үлэ ветерана, 80 саастаах Амма олохтооҕо Егор Егорович Пестерев суруйааччы тылын-өһүн, олоҥхолуурун 1977 сыллаахха магнитофоҥҥа уһулбутун кичэллик харайан, хараҕын харатын курдук харыстаан бу күҥҥэ диэри илдьэ кэллэ. Бу көрсүһүү Аммаҕа буолбут. Владимир Михайлович аймахтарын, чугас дьонун кытта 70 сааһын бэлиэтээбит. Төрөөбүт Эмиһин кырдьаҕастарын, эһэтиттэн илдьэ хаалбыт былыргы номохтору кэпсээбит, олоҥхолообут. Егор Егорович оҕолорго, үүнэр ыччакка, саха тылын учууталларыгар, сахалыы тыллаах төрөппүттэргэ туһалаах буоллун диэн суруйааччы эт куолаһын истэллэргэр анаан биэрбит матырыйаалларын таһаарабыт.
Back to Top