«Сэһэргээ»: артыыс Гаврил Менкяров
Киинэ уонна Олоҥхо театрын артыыһа Гаврил Менкяровка быйылгы сыл бэрт таһаарыылаахтык ааһан эрэр.
Бочуоттаах аат-суол иҥиитэ, «Триумф» уонна «Хаар куйаар номохторо» уус-уран киинэлэр киэҥ эйгэҕэ тахсыылара, режиссер идэтин баһылааһын, театрга саҥа хайысхаҕа үлэ – бу барыта эдэр, норуот тапталын ылбыт артыыска саҥа кэрдиискэ тахсыы буолар.
Бу туһунан Гаврил Менкяров «Сэһэргээ» биэриигэ кэпсээтэ.
01:09 – Алампа аатынан бириэмийэ «Чаҕылхай артыыһа» буолуу
02:04 – Олоҥхо декадатыгар туох үлэ ыытылынна
04:27 – Олоҥхо театрыгар оруоллар, уобараһы арыйыы, сиэр-туом туһунан
08:30 – режиссер идэтин ылыы
11:13 – олоҥхоһут суолун талыы, сайыннарыы, үйэтитии туһунан санаа
13:55 – «иккис кылааска артыыс буолар эбиппин диэн быһаарыммытым»
15:51 – ыччаты олоҥхоҕо хайдах сыһыарабыт?
17:16 – дьиэ кэргэн туһунан
18:40 – атын омук сиригэр стажировка, уопут атастаһыы, үөрүйэҕи тупсарыы
27:00 – оруолу толоруу уустуктара, тыл суолтатын билии наадата, тылынан харыстаныы, күрүөлэнии
33:21 – киинэҕэ үлэ туһунан
36:00 – “Айыы уола” киинэҕэ уһуллуу, көлүөнэлэр кумирдарын оонньооһун эппиэтинэһэ, дьылҕа бэйэтэ сирдээһинэ
47:47 – «оонньуон баҕалаах киһини боппоккун»
49:59 – «Триумф», «Хаар куйаар номохторо» киинэлэргэ уһуллуу. Быйылгы үлэлэр
57:38 – Гаврил сөбүлээн ааҕар суруйааччылара, айымньылара
1:06:20 – Гаврил тумус туттар дьоно
1:19:19 – оҕону иитиигэ туохха болҕомто уурарый?
1:20:47 – сахалыы контены, ойуулугу айыы