Дьиэрэй олонхо Эркээни хочотугар

Хаҥалас улууһугар сахалартан бастакы самодеятельнай композитор Адам Васильевич Скрябин 125 сылыгар аналлаах «Эркээни ыһыаҕа – 2021сыл” «Дьиэрэй олонхо Эркээни хочотугар» улуустааҕы олонхону толорууга көрүү-күрэс түмүгэ. Күрэскэ Качыкаат, Улахан Аан, Өктөм, Күөрдэм, Чаппаай нэһилиэктэриттэн уопсайа 16 киьи кыттыыны ыллылар. Олоҥхону соҕотоҕун уонна бөлөҕүнэн толорооччулар кыттыыны ылбыттара. Тэрийээччилэр ааттарыттан кыттыбыт бары коллективтарга салайан, иилээн–саҕалаан бэлэмнээн туруорбут салайааччыларбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Аны даҕаны итинник көхтөөхтүк бары тэрээһиннэргэ кыттыахтара диэн эрэнэбит. Инникитин ситиһиилэри, өссө даҕаны саҥа талааннары, саҥа арыйыылары, саҥа үлэлэри баҕарабыт.
Back to Top